Видео дня
Лента новостей

Сиэйэ Уола: Дьоммун олус ахтабын

Сиэйэ Уола:  Дьоммун олус ахтабын
27.09.2018 10:36
Саха эстрадатын биир чаҕылхай сулуһа Виктор Иванов–Сиэйэ Уола дьылҕатыгар ыарахан тургутуу сабардаан, оҥорбут буруйун боруостаан, күлүүстээх хаайыыга олорорун бары билэбит.

Ол да буоллар, дьон кини ырыаларыгар таптала уҕараабат – мэлдьи ыйыталаһар, хайдах-туох сылдьарын интэриэһиргиир, кини этэҥҥэ буоларыгар ис дууһатыттан ыалдьар. Итинэн сибээстээн, үс сыллааҕыта Табаҕатааҕы хаайыы ыһыаҕар киирэ сылдьаммын, Бииктэри анаан көрсөммүн, киниттэн аан бастакынан эксклюзивнай интервью ылбытым. Ол кэмҥэ кини хаайыыга киирбитэ үһүс эрэ ыйыгар барбыт этэ. Кэпсэтиибит “Саха сирэ” хаһыат 2015 сыл бэс ыйын 18 күнүнээҕи нүөмэригэр “Сиэйэ Уола: “Киһи дьоло – дьиэ кэргэнэ” диэн төбөлөнөн бэчээттэммитэ.

Кини хайдаҕын-тугун дьон билигин да сураһар, итинтэн сэдиптээн, өр сыралаһан, туруорсан, РФ Накаастабылы толорор федеральнай сулууспатын Саха сиринээҕи управлениетын көҥүлүн ылан, уоппускабыттан тахсаат, пресс-сулууспа арыалдьыттаах, Табаҕа холуонньатыгар айаннаатым.

 

Холуонньа олоҕо

 

Бииктэрдиин эмиэ ааспыт сырыыга курдук, холуонньа кулуубун хоһугар көрүһүннэрдилэр. Күүтэ тураммын, кэлэн иһэрин көрөн, сирэйин-хараҕын болҕойон үөрэтэ сатыыбын…

— Дорообо, Бииктэр! Хайа, хайдаххыный, настарыанньаҥ, доруобуйаҥ?

— Дорообо. Кэминэн. Доруобуйам этэҥҥэ. Бэйэбин көрүнэбин.

— Кистээбэккэ эттэххэ, дэлби дьүдьэйбит, кубарыйбыт, санньыйбыт киһини көрүөм диэн куттаммытым, сирэй-харах олоруута куһаҕана суох эбит…

— Ээ, этэҥҥэбин… (симиттибиттии мичээрдиир).

— Өйдүүгүн, били үс сыллааҕыта кэпсэтиибитигэр, эн холуонньа олоҕор кытта илигиҥ, сотору промзонаҕа үлэлии тахсыахтааҕыҥ туһунан эппитиҥ. Билигин хайдаҕый – кыттаҕын, үлэлиигин дуо?

— Таҥас тигэр сыахха үлэлии сылдьабын. Тигэргэ син үөрэнним (күлэр). Манна, холуонньаҕа кэтэр таҥастары таһынан, утуйар таҥастары эмиэ тигэбит. Бу чэрчитинэн профтехучилищеҕа иистэнньэҥ идэтигэр үөрэнэ сылдьабын. Ол иннинэ түөрт исписээлинэскэ – бетонщикка, рамщикка (пилорамаҕа үлэлиир киһи), электриккэ уонна столярга – үөрэммитим. Холуонньа олоҕор кыттабын.

— Онтон манна баар Айыы Арчыта дьиэҕитигэр төһө сылдьаҕыный, онно тугунан дьарыктанаҕытый?

— Күн аайы үлэлиир буоламмын, эбиэт кэмигэр киирэн тахсааччыбын. Аана мэлдьи аһаҕас. Онно чуумпу – киһи өйө-санаата сааһыланар, сырдыыр – алгыстаах дьиэ дииллэрэ кырдьык. Манна алгыс да этэллэр, кинигэ да ааҕаллар. Сүрдээх элбэх кинигэни Саха сирин араас муннуктарыттан ыыппыттара – ордук биир дойдулаахтарым, сунтаардарым, мэҥэ хаҥаластар, томполор. Маны сэргэ, “Бичик” кинигэ кыһата (дириэктэр Август Егоров) анаан-минээн, суруктаан-бичиктээн, хас да дьааһык кинигэни ыыппыта. Ис сүрэхпиттэн махтанабын! Элбэх киһи сахалыы ааҕарын ордорор – өйдөрө-санаалара сырдыыр.

 

Айар үлэ

 

— Бииктэр, өр тохтобул кэннэ хаайыыга быйылгы ыһыахха аан бастакытын ыллаабытыҥ. Ол үс сыллааҕы кэпсэтиибитигэр “билигин ыллыыр кыаҕым суох” диэбитиҥ. Оттон быйыл тоҕо ыллыырга сананныҥ?

— Баардаах батарбат диэн этээччилэр дии – ол быһыылаах, арааһа. Ыллыыр баҕа баһаам этэ, олус ахтыбыт этим – дуоһуйа ыллаабытым. Ол онтон астынным.

— Ырыа-хоһоон манна суруллар дуо, төһөнү суруйдуҥ?

— Ааспыкка суруйбут ырыаларбын ааҕан көрбүтүм – 9 ырыа эбит. Элбэҕэ суох. Быйылгы сылга биир ырыалаахпын. Айылҕа, дойдум, дьонум, ахтылҕаным туһунан.

Ыһыахха урукку ырыаларбын ыллаабытым. “Өбүгэм алааһа”, “Ньургуһуммар”. Биир дойдулааҕым, суруналыыс, Накаастабылы толорор управление Уопсастыбаннай сэбиэтин чилиэнэ Владислав Коротовка махтанабын – ыһыахха кыттарбар сахалыы таҥаспын, ырыаларбын аҕалбытыгар.

 

Олох туһунан

 

— Бииктэр, манна олорон, олоҕу көрүүҥ, дьоҥҥо сыһыаныҥ уларыйда дуо?

— Киһи иитиитэ улахан оруолу ылар эбит. Эбээм, эһээм, дьонум иитиилэрэ киһи быһыытынан бэйэбин сүтэрбэккэ сылдьарбар сүрдээҕин көмөлөһөр. Дьон — араас. Ол эрэн, ону мин ырытар, саҥарар майгым суох эбит. Олох устан иһэр. Ону кытта этэҥҥэ, киһилии олоруохха эрэ наада эбит. Айыы куттаах дьон син биир баар. Саха киһитин майгыта айылҕаттан эйэҕэс, сайаҕас.

— Дьонуҥ сибээстэһэллэр, өйүүллэр дуо?

— Дьонум кэлэллэр, түөрт ыйга биирдэ көрсөбүт. Кылгас да, уһун да көрсүһүүгэ. Туох кыалларынан көмөлөһөллөр.

— Дьылҕаҥ бу тургутуутун хайдах ылынаҕыный? Туох эмит түмүгү оҥоһуннуҥ дуо?

— Бу кэрдиис кэмим түмүктэрин оҥорор эрдэ курдук. Көҥүлгэ таҕыстахпына, дьэ, онно анааран көрөн баран этиэххэ сөп буолуо дии саныыбын.

 

Көҥүлгэ олорор баҕа санаа

 

—Босхолонон баран, туох былааннааххыный, баҕа санаалааххыный?

— Ыллыахпын олус баҕарабын. Дьонум-сэргэм иннигэр үрдүк, сырдык сценаҕа тахсан турарбын харахпар көрөбүн. Түөрт оҕолоохпун… Оҕолорбун иитэргэ санаабын ууруохтаахпын. Дьоммун кэмэ суох ахтабын.

 

«Криминал романтикатын» туһунан

 

— Кэпсэтиибит түмүгэр, эн ыччакка – төбөлөрүгэр “криминальнай романтика” күүлэйдиир, өйүн-төйүн тута илик уонна саха дуоспуруннаах бастыҥ эдэр дьонугар – баҕа санааҕын истиэхпин баҕарабын.

— Криминал диэн иһин билбэппин, итинтэн тэйиччи сылдьар киһибин. Ыччакка чөл олоҕу тутуһан, үчүгэйи, үтүөнү эрэ санаан, олохторугар ситиһиилээх дьон буолуохтарын баҕарабын. Бэйэ эрэ туһугар буолбакка, дьон-сэргэ туһугар эмиэ.

— Бииктэр, махтанабын, кэпсэтииҥ иһин. Этэҥҥэ буол!

Бу ырыатын Сиэйэ Уола Айыы Арчыта дьиэҕэ олорон,  миэхэ гитараҕа ыллаан иһитиннэрдэ – киһи кутун-сүрүн уоскутар үчүгэй да ырыа айыллыбыт!

 

Ыллыам

Виктор Иванов тылларауонна мелодията

 

Гитара тыаһа,

Бу тыаһа,

Миигин ыллаа диир,

Дьикти тыаһа,

Дьүрүскэнэ —

Айылҕалыын ыллаа диир.

Хос ырыата: Ыллыам кэрэ сибэккини,

Ыллыам нарын хатыҥы,

Ыллыам Ийэ Айылҕабын.

Сиккиэр тыалбыт,

Чаҕыл күммүт,

Күөх халлааммыт,

Сирэм күөхпүт –

Бу биһиги сайыммыт,

Бу биһиги быйаҥмыт.

Хос ырыата.

 

Вера Макарова, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru Хаартыскалар: РФ Накаастабылы толорор федеральнай сулууспатын Саха сиринээҕи управлениетын пресс-сулууспата уонна интэриниэттэн. 

Информационное агентство SakhaTime
КОММЕНТАРИИ
Возврат к списку
Подписаться на новости

Получайте самые свежие и актуальные новости от SakhaTime!

Управление рассылками

Сайт работает на системе: "1С-Битрикс: Управление сайтом"
Разработка: Компания "Инфомастер"
Яндекс.Метрика