От имени руководства Республики Саха (Якутия) и от себя лично сердечно поздравляю вас с 76-й годовщиной Победы в Великой Отечественной войне!
Девятое мая для россиян является самым почитаемым праздником, символом силы и твердости духа, любви к родной земле и преданности своему Отечеству нашего многонационального народа.
В этот священный день нас, наследников Победы, объединяет чувство огромной гордости за великий подвиг воинов и тружеников тыла, что сплачивает всех, вдохновляет на созидание, вселяет уверенность в себе.
Низкий поклон вам, поколению победителей, за мужество и трудовую доблесть, проявленные в годы Великой Отечественной войны! Спасибо вам за мирное небо, ясное солнце над нами!
В героическую летопись Великой Отечественной войны внесены имена свыше 62 тысяч якутян, призванных защищать Родину, среди них добровольцами ушли на фронт студенты и аспиранты из центральных вузов страны. Наши земляки внесли огромную лепту в Победу над врагом: храбро сражались на фронте, отличились отвагой во всех крупных боях, проявили несгибаемую волю на трудовом фронте. Более тысячи из них были удостоены высоких боевых наград. Мы с глубокой скорбью вспоминаем всех оставшихся на полях сражений и земляков, погибших в тылу. Силами поисковиков спустя многие десятилетия возвращаются на родную землю имена без вести пропавших солдат. Героев находят боевые награды. Имена Героев Советского Союза присвоены уникальным алмазам.
Вот уже второй год празднование священного дня пройдет в непростых условиях, но ничто не сможет омрачить светлый дух торжества. Мы в этот день чествуем наших дорогих ветеранов, отдаем им дань глубокого уважения, возлагаем цветы к монументам, чтим память погибших защитников Отечества минутой молчания.
Мы должны крепко беречь и приумножать память о героических годах истории нашей страны и передать молодежи правду о трагической войне. Наше достояние, завещанное поколением победителей, – патриотизм, сплоченность перед любыми трудностями, взаимовыручка, ответственность за будущее, помогает нам вместе справиться с любыми испытаниями, достойно ответить на вызовы времени, успешно решать задачи развития республики и великой России. Несомненно, что уроки пандемии показали нам, что главная ценность – это жизнь, здоровье человека. Уверен, достижение целей Года здоровья в 2021 году и в дальнейшем Десятилетия здоровья в республике позволит нам общими усилиями создать благоприятную и здоровую среду для жизни якутян, открывая новые горизонты для родного края.
Желаю Вам и Вашим близким крепкого здоровья и благополучия, бодрости и оптимизма, душевного тепла и всего самого доброго!
Күндү Сахам сирэ олохтоохторо! Улуу Кыайыы күнүнэн эҕэрдэ! Киһи аймаҕы көмүскэспит Саха сирин боотурдарыгар, үлэнэн Кыайыыны уһансыбыт биир дойдулаахтарбытыгар Албан аат! Эһиги хорсун быһыыгыт, эр санааҕыт, ыарахаттары туоруурга дьулуургут уонна сырдык ааккыт үйэлэргэ умнуллубатын!
Күндү Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылаахтара, тыыл бэтэрээннэрэ, сэрии кэмин оҕолоро!
Ытыктабыллаах Саха сирин олохтоохторо!
Саха Өрөспүүбүлүкэтин салалтатын уонна тус бэйэм ааппыттан эһигини Аҕа дойду Улуу сэриитигэр Кыайыы 76 сылынан ис сүрэхпиттэн итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибин!
Ыам ыйын 9 күнэ – Россия олохтоохторугар ытык бырааһынньык, элбэх омуктаах норуоппут модун күүһүн уонна бигэ санаатын, төрөөбүт дойдуга тапталын уонна Аҕа дойдуга бэриниилээх буолуутун бэлиэтэ.
Бу күҥҥэ биһигини барыбытын Аҕа дойдуну көмүскээбит буойуттар уонна Кыайыыны уһансыбыт тыыл бэтэрээннэрин холооно суох хорсун быһыыларынан киэн туттуу сомоҕолуур, айарга-тутарга кынаттыыр, эрэли үөскэтэр.
Кыайыыны ситиспит ытык дьоммутугар Аҕа дойду Улуу сэриитин сылларыгар модун санааҕыт уонна килбиэннээх үлэҕит иһин сүгүрүйэбит! Эйэлээх халлаан, чаҕылхай күн баарыгар махтанабыт!
Ийэ дойдуну көмүскүүргэ ыҥырыллыбыт 62 тыһыынчаттан тахса Саха сирин олохтооҕун, ол иһигэр дойду киин куораттарыгар үрдүк үөрэххэ үөрэнэ сылдьан сэриигэ көҥүл баҕаларынан барбыт устудьуоннар, аспираннар ааттара Аҕа дойду Улуу сэриитин летопиһыгар үйэтитиллибитэ. Биир дойдулаахтарбыт хорсуннук сэриилэспиттэрэ, кырыктаах кыргыһыыларга хоһууннарын, үлэ фронугар дьулуурдарын көрдөрбүттэрэ. Олортон тыһыынчаттан тахса киһи үрдүк бойобуой наҕарааданан бэлиэтэммитэ. Биһиги кыргыһыы хонуутугар охтубут, тыылга суорума суолламмыт биир дойдулаахтарбытын курутуйа ахтабыт. Төһө да уонунан сыллар аасталлар, сураҕа суох сүппүт саллааттар ааттара “Суолдьуттар” күүстэринэн төрөөбүт дойдуларыгар эргиллэр. Бойобуой наҕараадалар дьоруойдарын булаллар. Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойдарын ааттара дэҥҥэ көстөр ураты алмаастарга иҥэрилиннилэр.
Улуу Кыайыы күнүн быйыл эмиэ судургута суох быһыыга-майгыга бэлиэтиир буоллубут. Ол эрээри, үөрүүлээх бырааһынньык сырдык сыдьаайа өлбөөдүйбэт. Биһиги күндү бэтэрээннэрбитин чиэстиибит, дириҥ ытыктабылбытын тиэрдэбит, монуменнарга сибэкки дьөрбөтүн уурабыт, биһиги кэккэбититтэн туораабыт Аҕа дойдуну көмүскээбит ытык дьоммутун кутурҕан мүнүүтэтинэн санаан-ахтан кэриэстиибит.
Дойдубут устуоруйатын албан ааттаах сылларын туһунан үтүө өйдөбүлү харыстаан, иэдээннээх сэрии туһунан кырдьыгы ыччакка тиэрдиэх тустаахпыт. Кыайыыны ситиспит ытык дьоммут кэриэһэ – Аҕа дойдуга бэриниилээх, бары ыарахаттары туоруурга түмсүүлээх, эппиэтинэстээх буолуу, бэйэ-бэйэҕэ көмөлөһүү ханнык баҕарар тургутууну туоруурга, кэм ирдэбилигэр эппиэттииргэ, өрөспүүбүлүкэни уонна Улуу Россияны сайыннарар соруктары ситиһиилээхтик быһаарарга көмөлөһөр. Өтөрүнэн биллибэтэх дьаҥтан үөскээбит уустук быһыы-майгы киһи олоҕо, доруобуйата туохтааҕар да күндүтүн көрдөрдө. Өрөспүүбүлүкэҕэ 2021 сылга Чэбдигирии сылынан уонна салгыы Чэбдигирии уон сылынан туруоруллубут соруктары толорорго бары күүспүтүн уурдахпытына, Сахабыт сиригэр бигэ туруктаах чэбдик эйгэни тэрийиэхпит, төрөөбүт дойдубутугар саҥа саҕахтар арыллыахтара диэн эрэнэбин.
Күндү Сахам сирин олохтоохторо! Эһиэхэ уонна чугас дьоҥҥутугар кытаанах доруобуйаны, этэҥҥэ буолууну, эрчими уонна эрэли, сылаас сыһыаны уонна бары үтүөнү баҕарабын! Улуу Кыайыы күнүнэн киһи аймаҕы көмүскэспит Саха сирин боотурдарыгар, үлэнэн Кыайыыны уһансыбыт биир дойдулаахтарбытыгар Албан аат! Эһиги хорсун быһыыгыт, эр санааҕыт, ыарахаттары туоруурга дьулуургут уонна сырдык ааккыт үйэлэргэ умнуллубатын!
Глава Республики Саха (Якутия) Айсен Николаев.