Видео дня
Лента новостей
12.11.2024 г. Желтые хроники

Глава Якутии Айсен Николаев поздравляет с Днём семьи, любви и верности в Российской Федерации

Глава Якутии Айсен Николаев поздравляет с Днём семьи, любви и верности в Российской Федерации
08.07.2024 09:26
Уважаемые якутяне!

От всей души поздравляю всех с Днём семьи, любви и верности в Российской Федерации. 

В нашей республике каждая пятая семья – многодетная, а всего в нашем северном крае свыше 34 тысяч многодетных семей, в которых воспитывается более 118 тысяч детей.  По рождаемости детей мы занимаем 1-е место на Дальнем Востоке и 7-е место в стране, а в прошлом году в республике родился миллионный житель. 

Наши успехи в демографической политике особо подчеркнул Президент Владимир Владимирович Путин. «Все демографические показатели лучшие, чем по стране», - сказал глава государства во время визита в Якутск. И мы вправе гордиться этими достижениями. 

Традицию поддержки семьи и детства ещё в 90-х годах заложил первый президент нашей республики Михаил Ефимович Николаев. И эта работа продолжается сегодня нами и будет продолжена последующими поколениями якутян.     

Президент страны Владимир Владимирович Путин объявил 2024 год в России Годом семьи. Многодетная российская семья должна стать новой нормой, ценностью и ориентиром для общества.

Одна из главных задач, которые поставил Президент, это сокращение к 2030 году уровня бедности среди многодетных семей более чем в два раза. Для достижения этой цели Владимир Владимирович подписал указ «О мерах поддержки многодетных семей». Документом впервые установлен федеральный статус многодетной семьи на всей территории страны. 

Большая работа для решения этой задачи ведется в нашей республике.   Объем финансирования на поддержку материнства и детства за последние шесть лет, с 2018 года, в регионе увеличен более чем в восемь раз и составил порядка 29,5 млрд рублей. 

Сегодня ряд важнейших решений в Якутии приняты в рамках Указа «О дополнительных мерах социальной поддержки многодетных семей в Республике Саха (Якутия)», который я подписал в апреле.  Согласно этому документу все дети из многодетных семей, обучающиеся в общеобразовательных организациях, получат бесплатное питание и бесплатный проезд на общественном транспорте. Также многодетным семьям Якутии предоставлено право на получение льготы по оплате жилья и коммунальных услуг в размере не ниже 30% от установленного размера оплаты. Эти дополнительные меры поддержки будут предоставлены многодетным семьям республики с 1 сентября. 

В Год семьи в России и Год детства в Якутии республиканский материнский капитал «Семья» увеличен вдвое – до 300 тысяч рублей. В прошлом году в республике вступил в силу закон о предоставлении выплаты многодетным семьям в размере 200 тысяч рублей взамен земельного участка, и этим правом воспользовались уже более 2 тысяч граждан.

Одним из важных решений является учреждение целевого капитала «Дети столетия», который полагается для всех детей вне зависимости от очерёдности рождения в семье. Данный капитал продлён на 5 лет, и ежегодно индексируется. Значимым нововведением в Год семьи и Год детства в республике также стала единовременная денежная выплата в размере 50 тысяч рублей для молодых супружеских пар, вступивших в брак впервые до 25 лет. 

Дорогие жители республики! 

Ещё раз поздравлю всех с праздником! Семья – это самое ценное, что есть у человека в жизни. А основа семьи – это любовь и верность. Сохраните и бережно пронесите эти чувства через всю жизнь, чтобы быть счастливыми. Желаю вам крепкого здоровья, семейного счастья, взаимопонимания, благополучия и исполнения всех целей в жизни. Пусть ваши дома всегда будут полны тепла, любви и смеха детей.  Пусть дети и внуки удивляют вас новыми победами, продолжая начатые вами дела! Вперед, Якутия!    


Глава Республики Саха (Якутия)                                        

А.С. Николаев


Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын Айсен Сергеевич Николаев Россия Федерациятыгар Дьиэ кэргэн, таптал уонна бэриниилээх буолуу күнүнэн эҕэрдэтэ

Ытыктабыллаах Саха сирин олохтоохторо!

Бука барыгытын Россия Федерациятыгар Дьиэ кэргэн, таптал уонна бэриниилээх буолуу күнүнэн истиҥник эҕэрдэлиибин!

Өрөспүүбүлүкэбитигэр хас биирдии бэһис дьиэ кэргэн – элбэх оҕолоох. Ол курдук Саха сиригэр барыта 118 тыһыынчаттан тахса оҕону иитэр 34 тыһыынчаттан тахса элбэх оҕолоох ыал баар. Биһиги оҕо төрөөһүнүнэн Уһук Илиҥҥэ – бастакы, дойдуга сэттис миэстэлээхпит, ааспыт сылга өрөспүүбүлүкэ олохтооҕун ахсаанын мөлүйүөҥҥэ тиэрдибит оҕо күн сирин көрбүтэ.

Президеммит Владимир Владимирович Путин биһиги демография бэлиитикэтигэр ситиһиилэрбитин тоһоҕолоон бэлиэтээбитэ. Ол курдук дойду баһылыга Дьокуускайга кэлэ сылдьан: "Демографияҕа бары көрдөрүүгүт дойду үрдүнэн бастыҥ", – диэбитэ. Онон биһиги ол көрдөрүүлэрбитинэн киэн туттар бырааптаахпыт.

Дьиэ кэргэни уонна оҕо аймаҕы өйүүр үгэһи өрөспүүбүлүкэбит бастакы бэрэсидьиэнэ Михаил Ефимович Николаев номнуо 90-с сылларга олохтообута. Ол үлэни биһиги салгыы ыытабыт итиэннэ кэлэр көлүөнэлэр эмиэ салҕыахтара.

Дойду президенэ Владимир Владимирович Путин 2024 сылы Россияҕа Дьиэ кэргэн сылынан биллэрбитэ. Элбэх оҕолоох дьиэ кэргэн уопсастыба саҥа нуорматынан, сыаннаһынан уонна сыалынан буолуохтаах.

2030 сыл чугаһыгар элбэх оҕолоох дьиэ кэргэттэр ортолоругар дьадаҥы буолуу таһыма иккиттэн ордук төгүл намтыырын ситиһии Президент туруорбут сүрүн соруктарыттан биирдэстэринэн буолар. Бу сыалы ситиһэр туһугар Владимир Владимирович "Элбэх оҕолоох дьиэ кэргэттэри өйүүр дьаһаллар тустарынан" ыйаахха илии баттаабыта. Бу докумуон дойду сиригэр-уотугар бүтүннүүтүгэр элбэх оҕолоох дьиэ кэргэн федеральнай статуһун аан бастаан олохтоото.

Бу соругу толорорго биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр улахан үлэ ыытыллар. Ийэ буолууну уонна уонна оҕо аймаҕы өйүүргэ үбүлээһин кээмэйэ кэнники алта сылга (2018 сылтан) эрэгийиэҥҥэ аҕыстан элбэх төгүл улаатыннарыллан 29,5 млрд солкуобайга тэҥнэстэ.

Муус устарга мин "Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр элбэх оҕолоох дьиэ кэргэттэри социальнай өттүнэн өйүүр эбии дьаһаллар тустарынан" Ыйаахха илии баттаабытым, ол чэрчитинэн Саха сиригэр дьоһун суолталаах быһаарыылары ылынныбыт: элбэх оҕолоох дьиэ кэргэттэр уопсай үөрэх тэрилтэлэригэр үөрэнэр оҕолоро бары босхо аһыахтара уонна уопсастыбаннай тырааныспарынан босхо айанныахтара. Ону тэҥэ Саха сирин элбэх оҕолоох ыалларыгар олорор дьиэлэрин уонна коммунальнай өҥө төлөбүрүгэр олохтоммут төлөбүр кээмэйиттэн 30 бырыһыантан итэҕэһэ суох кээмэйдээх чэпчэтиини туһанар быраап көрүлүннэ. Өрөспүүбүлүкэ элбэх оҕолоох ыаллара бу эбии дьаһалларынан көрүллүбүт өйөбүлү балаҕан ыйын 1 күнүттэн туһаныахтара.

Россияҕа Дьиэ кэргэн сылыгар уонна Саха сиригэр Оҕо саас сылыгар "Дьиэ кэргэн" өрөспүүбүлүкэтээҕи ийэ хапытаала икки төгүл улаатыннарылынна – 300 тыһыынча солкуобайга тэҥнэстэ. Элбэх оҕолоох дьиэ кэргэттэргэ бэриллэр сир учаастагын оннугар 200 тыһыынча солкуобай кээмэйдээх төлөбүр бэриллэрин туһунан сокуон ааспыт сылга күүһүгэр киирбитэ, ол быраабынан 2 тыһыынчаттан тахса гражданин туһанна.

Биир дьоһун быһаарыынан оҕолорго барыларыгардьиэ кэргэҥҥэ хаһыс оҕонон төрөөбүтүттэн тутулуга суох бэриллэр "Үйэ оҕолоро" тус сыаллаах хапытаалы олохтооһун буолла. Бу хапытаал болдьоҕо биэс сылга уһатылынна, сыл аайы индексацияланар. Ону тэҥэ Дьиэ кэргэн сылыгар уонна Оҕо саас сылыгар өрөспүүбүлүкэҕэ 25 саастарыгар диэри аан бастаан эр-ойох буолбут эдэр дьоҥҥо 50 тыһыынча солкуобай кээмэйдээх биир кэмнээх харчынан төлөбүр саҥа олохтонно.

Күндү Саха сирин олохтоохторо!

Өссө төгүл барыгытын бырааһынньыгынан эҕэрдэлиибин! Дьиэ кэргэн диэн киһиэхэ туохтааҕар да күндү. Оттон дьиэ кэргэн бигэ тирэҕэ – таптал уонна бэриниилээх буолуу. Дьоллоох буолар туһугар бу иэйиилэргитин харыстааҥ. Эһиэхэ чэгиэн-чэбдик доруобуйаны, дьиэ кэргэҥҥитигэр дьолу-соргуну, өйдөһүүнү, этэҥҥэ буолууну уонна туруоруммут сыалгыт туоларыгар баҕарабын! Алаһа дьиэҕит куруутун сылааһынан угуттаатын, тапталынан, оҕо күлүүтүнэн туоллун. Оҕолоргут, сиэннэргит саҕалаабыт дьыалаҕытын салҕаан, саҥа кыайыыларынан үөрдэ турдуннар! Сахабыт сирэ, иннибит диэки!


Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана                                     

А.С. Николаев.

Информационное агентство SakhaTime
КОММЕНТАРИИ
Возврат к списку
Подписаться на новости

Получайте самые свежие и актуальные новости от SakhaTime!

Управление рассылками

Сайт работает на системе: "1С-Битрикс: Управление сайтом"
Разработка: Компания "Инфомастер"
Яндекс.Метрика