Видео дня
Лента новостей

Праздник: Глава Якутии Айсен Николаев поздравляет с международным Днём семьи

Праздник: Глава Якутии Айсен Николаев поздравляет с международным Днём семьи
15.05.2024 09:41
Уважаемые якутяне!

Сердечно поздравляю вас с международным Днём семьи!

Семья – это главная ценность в жизни человека и важнейший оплот государства. Семья была и остается колыбелью воспитания человека. От старшего поколения детям передаются нравственные и духовные ценности, культурные традиции. Семья – наша опора, где мы черпаем свои силы и знания.

Президент Российской Федерации Владимир Владимирович Путин объявил 2024 год в стране Годом семьи. Он поставил задачу — многодетная российская семья должна стать новой нормой, ценностью и ориентиром для общества. Глава государства подписал указ «О мерах поддержки многодетных семей», которым впервые установлен федеральный статус многодетной семьи на всей территории страны. 

Работа по укреплению семьи в Якутии ведется издавна. Первый президент республики Михаил Ефимович Николаев еще 1993 году издал указы «О статусе многодетной семьи», «Об установлении Знака высшей благодарности матери», в 1994 году – «Об усилении социальной защиты семей с детьми». В республике только за 1990-2003 годы были изданы около 100 указов и распоряжений Президента Республики Саха (Якутия), более 100 постановлений и распоряжений Правительства республики по поддержке семьи, материнства и детства.

Эта работа активно продолжается. Объем финансирования на поддержку материнства и детства в республике с 2018 года увеличился более чем в восемь раз до 29,5 млрд рублей. В Якутии самое большое количество многодетных семей на Дальнем Востоке — 34 тысячи, в них растет 118 тысяч детей. По уровню рождаемости наш регион занимает первое место в ДФО, и восьмое место по стране. Этому способствуют федеральные и региональные меры поддержки.

В Год семьи мы уделяем большое внимание повышению престижа самодостаточной и благополучной семьи, оказываем всемерную поддержку нуждающимся семьям с детьми, молодым и многодетным. Так, региональный материнский капитал «Семья» при рождении третьего ребенка или последующих детей с этого года увеличен в два раза, с максимальным размером до 300 тысяч рублей. За четыре месяца его получили 370 семей.

Одной из важных инициатив, введенных в республике в Год семьи, является единовременная денежная выплата в размере 50 тысяч рублей для молодых супружеских пар, вступивших в брак впервые до 25 лет. Эта поддержка за первые четыре месяца нового года предоставлена 264 молодоженам.

Целевой капитал «Дети столетия», учрежденный в год столетия республики, продлен на пять лет до 2027 года. За четыре месяца Года семьи, а также Года детства в республике его получила 3 271 семья.

Кроме этого, в апреле мною подписан указ «О дополнительных мерах социальной поддержки многодетных семей в Республике Саха (Якутия)». Данным указом многодетным семьям Якутии предоставлено право на получение льготы по оплате жилья и коммунальных услуг в размере не ниже 30% от установленного размера оплаты. Также все дети из многодетных семей, которые учатся в общеобразовательных организациях, получат бесплатное питание и бесплатный проезд на общественном транспорте. Эти дополнительные меры поддержки многодетных семей мы начнём предоставлять в республике с 1 сентября текущего года. 

Дорогие жители республики!

Еще раз поздравляю вас с Международным днем семьи! В этот весенний праздничный день желаю вам семейного счастья, крепкого здоровья, бодрости духа и успехов во всех начинаниях! Пусть с вами всегда рядом будут близкие и родные, ваша семья!


Глава Республики Саха (Якутия)                                                 

А.С. Николаев

 

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын Дьиэ кэргэн күнүнэн эҕэрдэтэ!

 

Ытыктабыллаах Саха сирин олохтоохторо!

 

Аан дойдутааҕы Дьиэ кэргэн күнүнэн ис сүрэхпиттэн эҕэрдэлиибин!

Дьиэ кэргэн – киһи сүрүн сыаннаһынан, судаарыстыба суолталаах тирэҕинэн, киһини иитэр көмүс ньээкэ уйата буолар. Норуот сиэр-майгы уонна духуобунай сыаннастара, үгэстэрэ көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллэ тураллар. Дьиэ кэргэн – биһиэхэ күүс-уох уонна билии биэрэр бигэ тирэхпит.

Россия Федерациятын Президенэ Владимир Владимирович Путин 2024 сылы дойдуга Дьиэ кэргэн сылынан биллэрэн, Россия элбэх оҕолоох дьиэ кэргэнэ саҥа нуорма, саҥа сыаннас уонна уопсастыбаҕа саҥа ориентир буолуохтаах диэн сорук туруорбута. Судаарыстыба баһылыга "Элбэх оҕолоох дьиэ кэргэни өйүүр дьаһаллар тустарынан" ыйаахха илии баттаабыта, бу ыйааҕынан элбэх оҕолоох ыал дойду үрдүнэн федеральнай статустаах буолара олохтоммута.

Саха сиригэр дьиэ кэргэни өйүүр үлэ өрдөөҕүттэн ыытыллар. Өрөспүүбүлүкэбит бастакы президенэ Михаил Ефимович Николаев өссө 1993 сыллаахха "Элбэх оҕолоох дьиэ кэргэн статуһун туһунан", "Ийэҕэ үрдүк махтал Бэлиэни олохтуур туһунан", 1994 сыллаахха – "Оҕолоох дьиэ кэргэннэр социальнай көмүскэллэрин күүһүрдэр туһунан" ыйаахтары таһаарбыта. Өрөспүүбүлүкэҕэ аҥардас 1990-2003 сылларга дьиэ кэргэни, ийэ буолууну уонна оҕо аймаҕы өйүүргэ туһуламмыт 100 кэриҥэ Саха Өрөспүүбүлүкэтин Президенин ыйааҕа уонна дьаһала, өрөспүүбүлүкэ Бырабыыталыстыбатын уурааҕа уонна дьаһала тахсыбыта. Бу үлэ көхтөөхтүк салҕанар. Өрөспүүбүлүкэҕэ ийэ буолууну уонна оҕо аймаҕы өйөөһүнү үбүлээһин 2018 сылтан аҕыс төгүл үрдээн 29,5 млрд солкуобайга тэҥнэстэ. Саха сирэ элбэх оҕолоох ыал ахсаанынан Уһук Илиҥҥэ инники күөҥҥэ сылдьар. 34 тыһыынча элбэх оҕолоох дьиэ кэргэҥҥэ 118 тыһыынча оҕо улаатар. Төрөөһүн ахсаанынан биһиги эрэгийиэммит Уһук Илиҥҥи федеральнай уокурукка бастакы, оттон дойду үрдүнэн – ахсыс миэстэлээх. Онно федеральнай уонна эрэгийиэннээҕи өйөбүл дьаһаллара төһүү күүс буолаллар.

Дьиэ кэргэн сылыгар ииттинэр кыахтаах уонна бигэ туруктаах дьиэ кэргэн үтүө аатын өрө тутарга ураты суолтаны уурабыт, оҕолоох, эдэр уонна элбэх оҕолоох кыһалҕаны көрсүбүт дьиэ кэргэннэргэ өйөбүл оҥоробут. Ол курдук, үһүс уонна онтон кэлэр оҕо төрөөтөҕүнэ көрүллэр "Дьиэ кэргэн" эрэгийиэннээҕи ийэ хапытаала икки төгүл үрдээн, 300 тыһыынча солкуобайга тэҥнэстэ. Түөрт ый устата бу өйөбүлү 370 ыал ылла.

Өрөспүүбүлүкэҕэ Дьиэ кэргэн сылыгар киллэриллибит сүрүн көҕүлээһининэн 25 саастарыгар диэри бастакытын ыал буолбут дьоҥҥо биир кэмнээх 50 000 солкуобай суумалаах төлөбүр олохтоммута буолар. Бу өйөбүлү сыл бастакы 4 ыйыгар 264 эдэр ыал ылла.

Өрөспүүбүлүкэ 100 сылыгар олохтоммут "Үйэ оҕолоро" тус сыаллаах хапытаал болдьоҕо 2025 сылга диэри биэс сылга уһатылынна. Дьиэ кэргэн сылын, ону тэҥэ өрөспүүбүлүкэҕэ Оҕо саас сылын бастакы 4 ыйыгар бу хапытаалы 3271 ыал тутта. Ону таһынан, муус устарга "Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр элбэх оҕолоох дьиэ кэргэннэри өйүүр эбии дьаһаллар тустарынан" ыйаахха илии баттаабытым. Бу ыйааҕынан Саха сирин элбэх оҕолоох дьиэ кэргэннэрэ коммунальнай өҥөнү төлүүллэригэр төлөбүр олохтоммут кээмэйиттэн 30%-тан кырата суох чэпчэтиинэн туһанар бырааптаналлар. Ону тэҥэ, элбэх оҕолоох дьиэ кэргэннэр оскуолаҕа үөрэнэр оҕолоро босхо аһыыр уонна уопсастыбаннай тырааныспарынан босхо сылдьар буолуохтара. Ыйыллыбыт миэрэлэр өрөспүүбүлүкэҕэ бу сыл балаҕан ыйын 1 күнүттэн олоххо киириэхтэрэ.

Күндү өрөспүүбүлүкэ олохтоохторо!

Аан дойдутааҕы дьиэ кэргэн күнүнэн өссө төгүл эҕэрдэлиибин! Бу сааскы күн эһиги дьиэ кэргэҥҥитигэр дьолу, кытаанах доруобуйаны, бигэ санааны уонна ситиһиилэри баҕарабын! Дьиэ кэргэҥҥитин, чугас дьоҥҥутун кытта өрүү бииргэ буолуҥ!

 

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана                                           

А.С.Николаев

 

 

Информационное агентство SakhaTime
КОММЕНТАРИИ
Возврат к списку
Молния
Подписаться на новости

Получайте самые свежие и актуальные новости от SakhaTime!

Управление рассылками

Сайт работает на системе: "1С-Битрикс: Управление сайтом"
Разработка: Компания "Инфомастер"
Яндекс.Метрика