От имени руководства Республики Саха (Якутия) и от себя лично поздравляю вас с Днём сайылыка!
Мы отмечаем этот замечательный праздник 22 мая. Для нашей северной земли это символизирует наступление лета – долгожданной благодатной поры изобилия после долгих суровых морозов.
Переезд в начале лета в сайылыки – часть самобытного уклада жизни народа саха во все времена. Для наших предков это был радостный день – они отгоняли скот на пастбища, обустраивались в летних усадьбах всей семьей вместе с детьми, встречались с родственниками и друзьями. В этот период богатых пастбищ высокие удои позволяют получить большую часть объема молока за год, и оно отличается уникальными вкусовыми качествами и полезными свойствами.
Сегодня в республике продолжается целенаправленная работа по возрождению и развитию сайылычных хозяйств – строительство летников, обеспечение электроэнергией, техникой и оборудованием, создание благоприятных условий для всех, кто там работает. В эти дни по всей Якутии в 355 сайылыков переедут 1 648 человек. Планируется отогнать туда более 41 тысячи голов скота.
В 2022 году в республике финансирование сельского хозяйства достигнет рекордного уровня. И одна из наших приоритетных задач в сельском хозяйстве – сохранение породы якутского скота. Разведением якутского скота занимаются в 14 районах республики, а также в городе Якутске. В этом году 22 мая, в День cайылыка, в селе Таастаах Намского улуса откроется научный центр репродукции генофонда якутского скота на базе казенного предприятия «Якутский скот». Здесь построены новый сайылык и коровник. К 2024 году поголовье якутского скота должны довести до 3 тысяч голов.
В этот праздничный день позвольте выразить слова благодарности всем сельским труженикам за ваш плодотворный труд и сохранение уникальных традиций хозяйствования наших предков.
Дорогие земляки! Желаю вам крепкого здоровья и неиссякаемой энергии, счастья и благополучия, добра и мира! Пусть долгожданное лето дарит всем свою теплоту, радость от созидания на родной земле!
Глава Республики Саха (Якутия)
А.С. Николаев.
Ытыктабыллаах Саха сирин олохтоохторо, тыа сирин туруу үлэһиттэрэ!
Саха Өрөспүүбүлүкэтин салалтатын аатыттан уонна тус бэйэм эһигини Сайылык күнүнэн эҕэрдэлиибин!
Бу бырааһынньык томороон тымныылар кэннилэриттэн айылҕа уһуктар, тыллар, силигилии ситэр, үрүҥ тунах үрүлүйэ устар кэмэ күүтүүлээх сайыммыт кэлбитин туоһулуур. Сайылыкка көһөн тахсыы – саха норуота былыр-былыргыттан олохтообут үтүө үгэһэ. Биһиги төрүттэрбит бу күнү үөрэ-көтө көрсөллөрө – сүөһүлэрин мэччирэҥҥэ таһаараллара, бэйэлэрэ оҕолорун илдьэ дьиэ кэргэнинэн сайылыктарыгар көһөн тиийэллэрэ, дьиэлэрин-уоттарын оҥостоллоро, аймахтарын-доҕотторун кытта түмсэллэрэ-көрсүһэллэрэ.
Сайылык илгэлээх олоҕо саҕаланара, сайын устата хойуу оттоох ходуһаҕа мэччийбит, күөххэ көччүйбүт ынах сүөһү сыллааҕы үүтүн баһыйар аҥаарын ыыллара. Бу кэмҥэ ыаммыт үүт амтана, туһата хайа да кэмнээҕэр күүһүрэр. Бүгүн өрөспүүбүлүкэбитигэр сайылык хаһаайыстыбаларын сөргүтүүгэ, сайыннарыыга – сайылыктары тутууга, элэктэриичэстибэ уотунан, техникэнэн, оборудованиенан хааччыйыыга, үлэһиттэргэ табыгастаах олоҕу - дьаһаҕы тэрийиигэ тус сыаллаах үлэ ыытыллар.
Бу күннэргэ Саха сирин үрдүнэн 355 сайылыкка 1648 киһи көһүөҕэ. Онно 41 тыһыынча сүөһүнү илдьэ тахсыахтара. 2022 сылга тыа хаһаайыстыбата хаһааҥҥытааҕар да муҥутуурдук үбүлэниэҕэ. Тыа хаһаайыстыбатыгар биир тумус суолталаах сорукпут – саха ынаҕын чөл хаалларыы. Саха ынаҕын ууһатыынан өрөспүүбүлүкэ 14 улууһугар, ону сэргэ Дьокуускай куоракка дьарыктаналлар. Быйыл ыам ыйын 22 күнүгэр Нам улууһун Таастаах сэлиэнньэтигэр “Саха ынаҕа” хааһына тэрилтэтин баазатыгар саха ынаҕын генопуондатын ууһатыы научнай киинэ арыллыаҕа. Манна саҥа сайылыгы уонна саҥа хотону тутуу түмүктэннэ. 2024 сылга саха ынаҕын ахсаанын 3 тыһыынчаҕа тиэрдэр сорук турар.
Бу үтүө бырааһынньык күн тыа сирин туруу үлэһит дьонугар таһаарыылаах үлэҕит, төрүттэрбит үтүө үгэстэрин чөл хаалларыыга ахсаабат сыраҕыт иһин махталбын тиэрдэрбин көҥүллээҥ.
Күндү биир дойдулаахтарым!
Эһиэхэ кытаанах доруобуйаны, уҕараабат эрчими, дьолу-соругуну, этэҥҥэ буолууну, эйэлээх халлааны баҕарабын! Күүтүүлээх самаан сайыммыт эһиэхэ илгэтиттэн өлгөмнүк бэристин, төрөөбүт сиргитигэр-уоккутугар үлэттэн дуоһуйууну ылан ситиһиигит үксээтин!
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана
А.С. Николаев.