Тохсунньу 19 күнүттэн режиссер Дмитрий Давыдов “Эдэр саас” диэн саҥа киинэтэ Саха сирин уонна Арассыыйа бөдөҥ куораттарын киинэ тыйаатырдарыгар тахсаары турар. Амма төрүт олохтооҕо, онно олорон айар-тутар, киинэ устар режиссер, сценарист Дмитрий Давыдов, бэйэтэ билинэринэн, “Эдэр саас” киинэ “Хардыы” рок-бөлөх ырыаларын сабыдыалынан айыллыбыт. Киинэҕэ бөлөх солиһа, төрүттээччитэ Гаврил Колесов-Ганнибал суруйбут аҕыс ырыата үйэтитилиннэ.
“Хардыы” үйэлээх хардыылара
90-с сыллардааҕы олох түөрэ уларыйар кэмигэр саха култууратыгар “Хардыы” рок-бөлөх киэҥник уонна эрэллээхтик хардыылаабыта. Саха сиригэр тыыннаах дорҕоон сайдыытыгар суолу тэлэн, сахалыы рок-музыканы киэҥ араҥаҕа иһитиннэрбит, тус көрүүтүнэн киэргэтиитэ суох олоххо баары туойбут, 90-с сылларга сындыыс сулус буолан умайбыт Гаврил Колесов-Ганнибал буолар. “Хардыы” рок-бөлөх туһунан “Эдэр саас” диэн Дмитрий Давыдов саҥа киинэтэ бу күннэргэ улахан экраҥҥа тахсаары турар. Аныгы ыччакка Гаврил Колесов-Ганнибалы билиһиннэрэбит.
– Гаврил, музыка эйгэтигэр хайдах сыстыбыккыный?
– Мэҥэ Хаҥалас улууһун Мэлдьэхси Суолатыттан ийэбин кытары оччотооҕу оройуон киинигэр Майаҕа көһөн, онно улааппытым. Майаҕа ийэбинээн Христофор Максимовтаахха, онтон иккиэн Валерий Ноевтаахха дьукаахтаһан олорбуппут. Төһө да оҕо буолларбын, кинилэр эйгэлэрэ музыкаҕа сыстарбар сабыдыаллаабыта буолуо дии саныыбын.
Биһиги улаатар кэммитигэр гитара көмүс үйэтэ кэлбитэ. Оҕо барыта сатыыра. Гитараҕа оонньуур буоллуҥ да, “красавчик” буолаҕын. Бастакы ырыаларбын оскуолаҕа сылдьан суруйбутум. Ол саҕанааҕы гитара кыһыл көмүс үйэтин ыччаттара вокальнай инструментальнай ансамбылларга иитиллибиппит. Тас дойду ырыаһыттарын истэр бобуулаах кэмигэр, тоҕоостоох түгэн көһүннэр эрэ, уһун баттахтаах, клеш бүрүүкэлээх “биттлзтары” истэрим. Хайдах эрэ уларытыылары киллэрэр санаалар оччоттон үөскээбиттэр эбит. Онон ВИА буолбакка, рок-бөлөх тэрийэр санаа киирбитэ.
– “Хардыы” бөлөх хайдах тэриллибитэй? Бастакы састаапка кимнээх баалларай?
– 90-с сылларга “ТАБЫК” диэн рок-музыка бэстибээлин ыыппыттара. Онно холонон көрүҥ диэбиттэригэр, бииргэ оонньуур уолаттарбын кытары бөлөх тэриммиппит. Уолаттар бары мустан, ким диэн ааты ылынабытый диэн толкуйга түспүппүт. Араас ааты барытын сыымайдаабыппыт – “Дьүкээбил”, “Искра” о.д.а. Балайда мөккүөр кэнниттэн “Чэ, уолаттар, музыкаҕа хардыылаан көрүөххэ, “Хардыы” диэн ааттаныаҕыҥ, табылыннаҕына, салгыы ыллыахпыт” диэн буолбута. Онон “Хардыы” диэн аатынан тахсан, “Хара тураах” диэн ырыаны ыллаабыппыт уонна Гран-при буолбуппут. Бастакы састаапка алтыа этибит: Анатолий Назаров, Анатолий Осипов, Пантелеймон Устинов, Роман Сэмэнэп уонна мин. Коля – Николай Прокопьев администратордыыра, аныгылыы эттэххэ, продюсердыыра.
“Табыкка” бастыахпытыттан биллэн-көстөн барбыппыт. Улуустарынан өрөспүүбүлүкэ иһигэр кэнсиэртиирбит. Прокопьев Коля кэпсэтэн, Сибииринэн гастроллаабыппыт. Барнаул, Новосибирскай, Томскай куораттарга үстэ баран кэлбиппит. Сибиири кэрийэ сылдьан олохтоох нууччалар хайдах оонньуулларын интэриэһиргиирим. Онтум Саха сиригэр дэриэбинэ аайы баар музыканнар курдук оонньуулларыттан наһаа соһуйар этим. Оччолорго соҕуруу сылдьа иликпин. Онно бары үөрэхтээх дьон буолуо, биһиги “самодеятельнай” дьон буоллахпыт дии саныырым.
Кэлин “Хардыыга” сыстан ыллаһан барбыттар элбэхтэр. Билигин, хомойуох иһин, ол бастакы састааппытыттан иккиэбит эрэ...
Аны, дьиктитэ диэн, Пана Устинов, Ромка Сэмэнэп уонна мин үһүөн биир төрөөбүт күннээхпит – кулун тутар 23 күнэ. Онон урут “Хардыы төрөөбүт күнэ” диэн кэнсиэр, бырааһынньык бөҕө буолар этэ. Саамай саастаахтара мин этим. Уолаттарым эдэр саастарыгар олохтон туораабыттара хомолтолоох... Хаһан эрэ мин эмиэ барыам, букатын кэлбит суох буоллаҕа... Дьиҥнээх олох өлбүт кэннэ салҕанар дииллэр. Соҕотох кэриэтэ хааллым, арааһа, Орто дойдуга оҥоруохтаахпын өссө да оҥоро иликпин, иэһим элбэх быһыылаах, онон иэскэ киирэрбин “сөбүлүүбүн”.
– Ырыа айар, хоһоон суруйар киһи иэйииҥ туохтан үөскүүрүй?
– Суруйар иэйии айылҕаны кытары алтыһыыттан үөскүүр. Ол эрээри үксүн олоххо буолбуттан, дьон сыһыаныттан ылабын, бэйэм эппинэн, сирэй билбиппин суруйабын, олоҕу көрүүбүн ырыа нөҥүө таһаарабын.
Хас биирдии ырыабыт барыта историялаах. Кэнники санаатахха, биһиги уратыбыт диэн – ырыаларбыт бары киинэ курдук эбиттэр, олох туһунан кырдьыгы сэһэргииллэр. Тыл икки өрүттээх: үөҕэн хайгыахха сөп – хайҕаан үөҕүөххэ эмиэ сөп. Айар турукка киирдэххэ, ырыа тыла матыыпка дьүөрэлэһэн бэйэтэ тахсан кэлэр.
Кэнники ырыа айарбын куттанар буолан эрэбин. Урут, иэйии киирдэ да, үрдүнэн-аннынан кэллэ да, суруйар этим. Билигин дьоҥҥо таһаарыахпын сэрэхэчийэбин. Эппитим, суруйбутум олоххо туолан иһэр курдук... “Элбэх харчы, джип массыына” диэн ыллыахха баара, үчүгэйи ыралаан.
– Барыта хас ырыалааххыный?
– Ырыалары оччоттон баччаҕа диэри барытын бэйэм суруйабын. Суруллубутунан аахпатаҕым эрээри, биэс уонтан тахса буоллаҕа буолуо, икки кассета уонна үс компакт диискэ таһаарбыппыт. Ону таһынан, тахса иликтэр, ылламмакка сытааччылар бааллар.
– Ырыаларыҥ ураты тыыннаахтар, дьон-сэргэ хайдах ылынарый?
– Ырыа диэн син биир киһи олоҕун курдук, кэмнээх буолар эбит. Олох хаамыытынан кэми кытта музыка көрүҥэ эмиэ уларыйар. Биһиги кэммит рок-музыкаҕа бастакы саҕалааһын буолан интэриэһинэй этэ. Муода курдук бары рок-музыкант буола сылдьыбыттара. Кэм-кэрдии ааспытын кэннэ, билигин, “Хардыы” диэн ааппыт – иннибитигэр, биһиги кэнниттэн батыһа сылдьар буоллубут.
Истээччи сөбүлүүр ырыатын эрэ истэр быһыылаах. “Арыгы” диэн ырыабытын аһыы утаҕы көҕүлээһин курдук диэн истээччилэр ылымматахтара эрээри, сүрдээх лирикалыы матыыптаах ырыа. Майаҕа “Хатыҥнар” диэн ырыабын ыллаабыппар саҥа ырыа дуо диэн ыйыппыттара. Ону “Түөһэйэн эрэр ырыа, ааспыт үйэҕэ ылламмыта” диэбитим.
90-с сылларга Майаҕа ресторан муодата кэлбитэ. Онно нууччалары үтүктэн тыыннаах музыканан, сыыһа-халты да буоллар, бэйэбит ырыаларбытын ыллыырбыт. Дьону үҥкүүлэтээри тэтимнээх ырыалары толорор буоллахпытына, аны наҕыл үҥкүүгэ анаан “Хаар” диэн ырыа суруллубута. Билигин сыанаҕа ыллыы таҕыстым даҕаны “хаар да хаар” диэн хаһыы-ыһыы бөҕө буолаллар, оччоҕо хайыахпыный? Атын ырыаны ыллаары туран “хаардаан” киирэн барабын.
Фонограмма үрдүнэн хаһан да ыллаабаппын, тыыннаахтыы ыллыырбын ордоробун. Бэлэмҥэ ыллыам кэриэтэ, туох баарынан ынчыктаан даҕаны ыллаабыт көнө.
– Улахан экраҥҥа көрөөччү киэҥ араҥатыгар тахсаары турар “Эдэр саас” киинэҕэ элбэх ырыаҥ киирдэ. “Эдэр саас” диэн ырыаҥ суруллубут историятын кэпсээ эрэ.
– Мин олоҕум барыта мүччүргэннээх сырыы, ырыаларым ис хоһоонноругар ол тыына баар. Саамай күндү эдэр сааһым кэмнэрин туһунан арай алҕаска ырыа айан кэбиспитим. Онуоха “Кырдьыбыт Өлөксөй оҕонньор салгын сии тахсыма бүгүн түүн” диэн тыллартан ыаллыы олорор оҕонньорум “Миигин үөҕэн суруйбуккун дуу” диэбитэ. Эдэр саас диэн хас биирдии киһиэхэ умнуллубат кэрэ кэм буоллаҕа дии. Ону мин, дьиҥэр, ыаллыы олорор оҕонньор аатын буолбакка, рифмаҕа барсар диэн суруйдаҕым.
Сааһыран истэххэ хайдах эрэ олох тэтимэ бытааран, биир кэм буолан иһэр. Урут эдэр сылдьан хас хардыыбыт барыта мүччүргэннээх сырыы буолара. Эдэр саас диэн үөрүү буоллаҕа.
– Бу соторутааҕыта Дания “Хардыы” бөлөх ырыаларын “былдьаабыт” диэн сонун иһилиннэ. Ырыаларгар ааптар быраабын оҥорторбутуҥ дуо?
– “Былыргылыы” кнопкалаах төлөпүөннээхпин, онон бассаап диэни сатаабаппын. Арай “Хардыы” рок-группа быраабын тас дойдулар ылбыттар диэн сурах бассаапка тарҕаммытын дьонтон истибитим. Ону “хантан кэлэн ылбыттара буолла, мин илии баттыы иликпин ээ” диибин.
Саха тыйаатыра бэйэтин туруорууларыгар биһиги ырыаларбытын туһанааччы, ол иһин РОА диэҥҥэ киллэртэрбиттэрэ. Онон ырыаларбытыгар ааптар бырааба сокуонунан миэхэ баар.
“Эдэр саас” режиссера Дмитрий Давыдов “Хардыы“ интэриэһин көмүскүүр диэн истибитим.
– Кэнники ырыа суруйаҕын дуо?
– Билигин оонньуур инструмена суох буолан, хоһоон эрэ суруйабын. Инструменнааҕым буоллар, ырыа бөҕө айыам эбитэ буолуо... Аны гитараҕа эрэ оонньуубун, баҕар, нотаны билэрим буоллар, клавишаҕа холонуом этэ. Уолаттар гитараҕа оонньуу туран: “Ханнык нотаны баттыыбыный?” – диэн ыйытааччылар, ону хантан билиэхпиний – “сосед аккорд” диибин. Саатар биир киһи нотаны биллин диэммин сиэммин музыкальнай оскуолаҕа биэрбитим, үөрэнэ сылдьар.
– Хоһоон кинигэтин таһаарбытыҥ дуо?
– Номнуо ааспыт үйэҕэ хоһооннорбунан икки хомуурунньук кинигэ таһаарбытым. Ол кинигэлэрим билигин бэйэбэр суохтар. Ырыаһыт доҕорум Иван Аргунов баарыгар, рифманы, тэтими интэриэһиргээн, араас поэзия киэһэлэригэр барсан истэр этим...
Билигин бу олорон хоһоон тылларын өйбөр эргитэ олоробун.
– Биһиги эйигин музыкант, ырыаһыт, ырыа айааччы курдук билэбит. Туох идэлээххиний?
– Кульпросветка үөрэнэ сылдьыбытым, онтон суоппар идэтин ылбытым. Олохпор араас үлэни барытын үлэлээн кэллим – килиэп буһарааччынан, суоппарынан, тутааччынан. Тыйаатырга гардеробщигынан, Хорообут кулуубугар методиһынан үлэлээбитим.
Аны туран миигин уот батыһар курдук, икки дьиэм умайбыта. Ол алдьархайга үлэм киниискэтэ уокка былдьанан, билигин үлэм ыстааһа тиийбэт буолан, биэнсийэҕэ тахсыбакка сылдьабын. Биэнсийэҕэ тахсарбар хас биирдии үлэлээбит сирбиттэн дакаастабыл, мэктиэ көрдүүллэр.
– Оҕолоргуттан, сиэннэргиттэн музыкаҕа сыһыаннаах эйигин утумнааччы баар дуо?
– “Оҕолоргун, сиэннэргин ырыаҕа үөрэппэккин”, – диэн кэргэним кыыһырар. Дьиҥинэн, ким баҕалаах сыстар буоллаҕа, онон кими даҕаны күһэйбэппин. Ордук спорт өттүгэр сыстаҕастар, арай биир сиэним ыллыыр, “Полярнай звездаҕа” кыттар. Кэнники көстөн иһиэ, бириэмэ бэйэтэ быһаарыа.
– Эн тускунан “Ганнибал” документальнай киинэ уһуллубута. Ол туһунан санааларыҥ.
– Оҕо эрдэхпинэ сытыы-хотуу этим, баракааһы да оҥорорум, ол эрээри кырдьыга суох баттыгастаах, балыырдаах быһыыны-майгыны утарар этим. Охсуһар охсуһуум кырдьык туһугар этэ. Ганя диэнтэн Ганнибал диэн ыҥыраллара, билигин бу псевдоним буолан хаалла.
Биэс уоммун туоларбар Дьокуускайтан рок-музыканнары ыҥыран кэнсиэр оҥорбутум. Онно Ваня Кривогорницыны ыҥыран, устуоҥ дуо диэбиппин, кэлэн устубута уонна устунан хас да сыл үлэлээн документальнай киинэ оҥорон таһаарбыта. Чиэһинэйдик, хайдах баарынан уһуллубут киинэ.
– Инники былааннарыҥ?
– Былаан сүрэх тэбэрин тухары элбэх буоллаҕа. Айарга-тутарга олохтоох тирэх наада. Ырыаларгын таһааран иһиэххин диэн мөҕөллөр даҕаны, ыллыҥ да оҥорон кэбиспэккин буоллаҕа, өйөбүл наада. Урут айанныырбытыгар өйүүр, көмөлөһөр этилэр. “Балык ыамнаах – киһи күннээх” дииллэринии, киһи кэмэ ааһан хаалар эбит. Күөгэйэр күммэр доҕотторум өйүүллэрэ, билигин орто дойдуга суохтар...
– Олоххо туох санааны тутуһаҕын?
– Биирдэ бэриллэр олоххо хайдах баарынан олоруохха наада, дьиҥнээхтии уонна кырдьыктыы. Хаалтыс кэтэн хаамыталаабакка, дьүһүн тупсаран үрүҥ тураах буолбакка, баарынан, сиэрдээх майгыны тутуһан киһи буолар ордук.
Автор: Надежда Ильина.